Коркиҥҥа эрчиллэн буһууну-хатыыны ааспыт бөҕөс, тренер
Кэбээйи улууһун Сиэгэн-Күөлүттэн төрүттээх-уустаах, көҥүл тустууга ССРС, хапсаҕайга Саха Өрөспүүбүлүкэтин спордун маастара, РСФСР уонна “Спартак” Киин Сэбиэтин чөмпүйүөнэ
Фрунзе, Кызыл, Красноярскай Бүтүн Россиятааҕы турнирдарын кыайыылааҕа, улуу тренер Д.П. Коркин иитиллээччитэ, дьахталлары аан бастаан тустууга уһуйбут тренер, “Саха сиригэр физическэй культураны уонна спорду сайыннарыыга киллэрбит кылаатын иһин” уонна Саха өрөспүүбүлүкэтин “Гражданскай килбиэн” бэлиэлэр хаһаайына, Кэбээйи улууһун ытык олохтооҕо Анатолий Афанасьевич Михайлов үбүлүөйдээх 60 сааһын үөрүүлээх быһыыга-майгыга бэлиэтээтэ. Өрөспүүбүлүкэ оҕолорун көҥүл тустууга турнира 15-с төгүлүн ыытылынна.
Турнир кыттыылаахтарын уонна үбүлээри Ил Түмэн депутата, хотугу норуоттары кытта үлэҕэ сис кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ Елена Голомарева, Саха Өрөспүүбүлүкэтин спорка миниистирэ Леонид Спиридонов, Саха Өрөспүүбүлүкэтин тустууга федерациятын толорооччу дириэктэрэ Владимир Карпенко, Саха Өрөспүүбүлүкэтин физическэй культураҕа уонна спорка профсоюһун уонна ветераннарын сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Гаврил Сивцев, 3 № оҕо тустууга аналлаах спортоскуолатыгар сүүрбэччэ сыл дириэктэрдээбит Саха Өрөспүүбүлүкэтин ФКС үтүөлээх үлэһитэ Федот Соловьев, Тыа хаһаайыстыбатын Агротехнологическай университетын ФКС физическэй иитиигэ кафедратын салайааччы Дмитрий Платонов, маассабай спорт Управлениет начальнига Роман Оконешников, бииргэ төрөөбүт эдьиийэ Альбина Аргунова-Михайлова, үөлээннээхтэрэ, доҕотторо, иитиллээччилэрэ уо.д.а. эҕэрдэлээтилэр.
Элбэх оҕолоох ыал төрөппүттэрэ эрдэ өлөннөр, кыра Толяны ийэтин эдьиийигэр куоракка ыыппыттара. Эт-сиин өттүнэн тэтиэнэх, сэттис кылааска үөрэнэр уолу күтүөтэ Геннадий Викторович тустуу секциятыгар аҕалбыта. Тохсус кылааска ССРС үтүөлээх тренерэ Д.П. Коркин тустууга оскуолатыгар ылыллыбыта. Өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр бөҕөс буолбута. Армияҕа сулууспалаабыта. СГУ педфакультетыгар физкультурнай отделениены бүтэрэн, университекка преподавателлээбитэ, тренердээбитэ. Анатолий Афанасьевич үлэлиир кэмигэр студеннар хамаандалара өрөспүүбүлүкэҕэ миэстэлэһэрэ, Бүтүн Россиятааҕы студеннар күрэхтэһиилэригэр СГУ хамаандата иккис миэстэлэммитэ. ССРС спордун икки маастардара, сүүрбэччэ маастарга кандидаттар иитиллибиттэрэ. Төрөөбүт Сиэгэн-Күөлүн спортоскуолатыгар Анатолий Афанасьевич Михайлов аатын иҥэрбиттэрэ. Кини аатыгар буолуталаабыт турнирдарга Арыйаан Тютрин, Георгий Окороков, Тимур Николаев, Александр Рассадин, Семен Владимиров курдук Саха сирин күүстээх бөҕөстөрө тустуталааннар тыыллыбыттара-хабыллыбыттара.
Ветераннарга аан дойду уонна Россия чөмпүйүөнэ Федот Архипович Соловьев, көҥүл тустууга Россия призера, Россия Кубогын кыайыылааҕа, Саха сирин хапсаҕайга абсолютнай чөмпүйүөнэ Василий Егорович Стручков, Уус-Майа спортоскуолатын дириэктэрэ Петр Михайлович Суздалов, педфакультекка бииргэ студеннаабыт, ССРС маастарыгар кандидат Макар Николаевич Дьяконов ахталларынан, Анатолий Михайлов сылбырҕа киириилээх-тахсыылаах тустуугунан биллэрэ, “швунганы” табыгастаахтык туттарын, тустуу сайдыытыгар киллэрбит кылаата улаханын бэлиэтээтилэр.
Анатолий Михайлов 80-с сылларга ордук тахсыылаахтык тустан, көрдөрүүлэри ситиспитэ. 1978 с. Дьокуускайга 20-с оскуола саҥа аһыллан киирбитэ, оччолорго ол сэдэх түбэлтэ этэ. Онно үрдүкү ахсыс кылааска үөрэнэр Толя Михайлов оҕо быһыытынан сэмэй, үөрэҕэр да үчүгэй, оскуола бастыҥ спортсменын быһыытынан биллэрэ. Университекка эти-хааны сайыннарар кафедраны салайар кэмигэр хапсаҕайга элбэх күрэхтэһиилэри ыыталлара. Саха сирин юиллиилээх бөҕөстөрө Алквиад Исидорович Иванов, Николай Кириллович Алексеев, Николай Антонович Гоголев үлэлиир медиктэр, физматтар, историктар факультеттарыгар, кэлин кэҥээн университет күрэхтэһиилэригэр үтүө үгэскэ кубулуйбут, студеннар ортолоругар маастар нуормалаах турнирдары тэрийтэлииллэрэ. Ньурба ыччата Трофим Афанасьев бастакынан маастары толорбута. Иван Петров, Семен Николаев, Роман Оконешников хапсаҕайга эмиэ маастар буолуталаабыттара. Кэбээйилэри ааттаппыт биллиилээх спортивнай суруналыыс Владимир Варламов, наука доктора Анатолий Алексеев кэннилэриттэн көҥүл тустууга үһүс ССРС спордун маастарынан Анатолий Михайлов буолар. Иван Левин, Семен Егоров, Серафим Иванов, Терентий Соловьев үчүгэйдик тустубуттара. Анатолий Михайлов бөҕөс быһыытынан биир үчүгэй хаачыстыбата илиитигэр-атаҕар сүрдээх тэтиэнэх, күүстээх этэ. Тустуутун ньыматыгар утарсааччытын сүнньүгэр илиитин уурдаҕына ону араарар сүрдээх ыарахаттардаах буолара. “Швунганы” сөбүлээн туттара. Сөбүлүүр албастарыгар эрчийэр оҕолорун үөрэтэрэ. Д.П. Коркин баарыгар Саха сирин сүүмэрдэммит хамаандатыгар киирсэн Черкесскэй куоракка Россия Кубогар бэрт үчүгэйдик тустаннар бириистээх миэстэҕэ тиксибиттэрэ. Ити эмиэ сэдэх көстүү быһыытынан сыаналанар. Анатолий Афанасьевич Михайлов саха тустуутун сайдыытыгар киллэрбит кылаата улахан.
Аҕыс хамаанда 96 оҕолоро түмсэннэр иэмэх талахтыы эристилэр. Радислав Потапов (30 кг, Бүлүү), Ефим Аммосов (32 кг, 25 № оск), Алексей Татаев (25 № оск), Арыйаан Винокуров (38 кг, 3 № спортоск), Ньургун Алексеев (25 № оск), Вадим Константинов (44 кг, Горнай), Вадим Николаев (48 кг, 3 № спортоск), Айаан Антонов (52 кг, Хатас), Михаил Семенов (57 кг, Бүлүү), Назим Сафаров (62 кг, 3 № спортоск) бастакы миэстэлэри ылаттаатылар. Кыайыылаахтар уонна миэстэлэспиттэр өйдөбүнньүк мэтээллэринэн, дипломнарынан, кубоктарынан, Анатолий Афанасьевич, Анастасия Семеновна Михайловтар дьиэ-кэргэн туруорбут анал бириистэринэн наҕараадаланнылар. Сүрүн судьуйанан Петр Суздалов, сүрүн сэкэрэтээринэн Владимир Торговкин үлэлээтилэр.
Үбүлүөйдээх турнир үтүө өйдөбүлү хаалларда.
Баһылай Посельскай