“Азия оҕолорун” оонньууларын уота ылылынна
Кулун тутар 19 күнүгэр ытык Өлүөнэ очуостарын тэллэҕэр “Азия оҕолорун” VIII Спортивнай оонньууларын уотун ылыы
үрдүк тэрээһиннээхтик ааста. Алгысчыт сахалыы сиэринэн-туомунан, аал уоту отунна. “Айхал-мичил, уруй-туску” тылларынан алҕаан, күндүлээн, көрдөһөн-ааттаһан, ыллыллыбыт ытык уот салгыы, капсула иһиккэ уматтыллан хаппахтааннар, хотулуу таба тириитинэн сылаастык таҥныбыт кыра уол илиитигэр туттардылар. Уоттаах капсуланы сэрэнэн илиитигэр тутан, уолчаан спортивнай көстүүмнээх арыалдьыттарыныын киин түһүлгэ диэки хаамыстылар.
Хаамыы былаһын тухары диктордар “Азия оонньууларын” уонна уотун суолталарын, аан-бастаан Спортивнай оонньуулары 1996 сыллаахха Олимпийскай хамсааһын 100 сылын көрсө тэрийэн саҕалаабыт Саха Өрөспүүбүлүкэтин бастакы Президиэнэ М.Е. Николаев сүҥкэн оруолун кэпсээтилэр. Тыһыынчанан дьон-сэргэ ортотугар тиийэннэр, капсулалаах уолчаан “Азия оҕолоро” оонньуулар бас-көс салайааччылара-тэрийээччилэрэ кэтэһэн турар анал оҥоһуулаах үрдэлгэ таҕыста.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарҕана Айсен Сергеевич Николаев, Россия Олимпийскай Кэмитиэтин Президенэ, Олимпийскай оонньуулар түөрт төгүллээх чөмпүйүөнэ Станислав Алексеевич Поздняков, “Азия оҕолорун Норуоттар икки ардыларынааҕы Кэмитиэтин Президенэ Владимир Владимирович Максимов, Олимпийскай оонньуулар икки төгүллээх чөмпүйүөнэ, “Азия оҕолорун” VIII Спортивнай оонньууларын посола Вячеслав Александрович Фетисов, уоту илиилэригэр ыланнар, “Азия оҕолоро” Оонньууларын уотун араҥаччылааччыларга туттарбыттара дохсун ытыс тыаһынан бэлиэтэннэ.
Тымныы, хаардаах сир ытык уота аан дойдуга саҥа Оонньуулар саҕаламмыттарын кэрэһитинэн буолуоҕа, кыайыыларга кынаттыаҕа!
Эҕэрдэ тыллар дуораһыйдылар. Аҕа Баһылык Айсен Николаев “Азия оҕолорун” Оонньуулара Саха сирэ, Россия символларынан (бэлиэлэринэн) буолалларын, аан дойду оҕолоро күрэхтэһэ кэлэллэрин, спортсменнар түмсэр сирдэринэн буоларбытын, ханнык да тохтото сатыыр күүстэр, санкциялар харгыстыыр кыахтара суохтарын, спорт барыбытын түмэрин, “Азия оҕолорун” Оонньууларын үрдүк таһымҥа ыытарга бэлэммитин, Россия Президенинэн талыллыбыт Владимир Путины кытта иннибит диэки баран иһэрбитин; Владимир Максимов Оонньуулар улахан спорт спортсменнарын бэлэмнээһиҥҥэ бастакы үрдэлинэн буоларын, уот сылааһы, олоҕу, күүһү-уоҕу түстүүрүн, 100 күн устата уот Саха сирин бары улуустарын, оройуоннарын хабыахтааҕын, киэҥин-куоҥун, модун кыаҕын, түмсүүлээхпитин көрдөрүөхтээҕин; Станислав Поздняков ытык-кэрэ сиргэ уот ылыллыбытыттан, түмсүүлээхпитигэр, физкультураҕа уонна спорка сүгүрүйэрбитигэр махтанна, оҕо спорда үүнүүнү-сайдыыны, күрэхтэһэр утарсааччыгар убаастабылы, үөрүүнү-дуоһуйууну аҕаларын; Вячеслав Фетисов бу дьоро түгэҥҥэ кытта олимпиецтарга улахан чиэс буоларын, улахан дойдубут ытык сиригэр-уотугар, анаан-минээн, олохтоох хамаанданы кытта хоккейга оонньуу кэлбиттэрин, бүгүҥҥү судургута суох кэмҥэ Оонньуулар “Азия оҕолоро” диэн саамай сөпкө ааттаммыттарын, күрэхтэһэр оҕолортон инникин уһулуччулаах спортсменнар тахсыахтарыгар бүк эрэнэрин – бары үөрэ-көтө, өрө көтөҕүллүүлээхтик бэйэлэрин эҕэрдэлэригэр биллэрдилэр.
Россия уонна Саха сирин хоккейга табаарыстыы көрсүһүүлэрэ болҕомтону тарта. Россия хамаандатыгар хоккейын “сулустара”, номоххо сылдьар Олимпийскай оонньуулар, аан дойду чөмпүйүөннэрэ Вячеслав Фетисов, Андрей Коваленко, Борис Миронов, Алексей Гусаров, Вячеслав Буцаев, Евгений Давыдов, Сергей Шепелев, Ирек Гимаев призердара, Саха сириттэн спорт миниистирэ Леонид Спиридонов, Өрөспүүбүлүкэ Аҕа баһылыгын уонна Бырабыыталыстыба Аппаратын салайааччыта Афанасий Владимиров, хоккей Оскуолатын дириэктэрэ Владимир Хисамутдинов, “Азия оҕолорун” оонньууларын Дирекциятын ген.дириэктэрэ Михаил Сивцев бэрт кичэллээхтик оҥоһуллубут муус балаһааккаҕа утарыта кииристилэр. Вячеслав Фетисов мүччүргэннээх түгэҥҥэ, сыыдам-сылбырҕа хамсаныылары оҥортоон, олус наадалаах шайбалары киллэртээн көрөөччүлэри үөртэ! Сүрдээх сэргэхтик барбыт көрсүһүү 6:6 ахсаанынан түмүктэннэ. Доҕордоһуу кыайда.
Быыһыгар, оҕолор балаһааккаҕа киирэн оонньоон улахан астыныыны-дуоһуйууну ыллылар.
Үөрүүлээх дьаһал оһуохайынан түмүктэннэ. Өтөрүнэн умнуллубат эриэккэс түгэн ааста.
Баһылай Посельскай